factograf
SAH

Пастер Луи

Пастер Луи

Key facts

төрөөбүт күнэ1822, ахсынньы 27
дьарыгаХимик, үнүбэрсиэт уһуйааччыта
төрөөбүт сирэDole
All data from the card 7
Төрөөбүтэ
Пастер Луи27 Ахсынньы 1822Дол, Франция
Өлбүтэ
28 Балаҕан ыйын 1895 (сааhыгар 72)Марне-ла-Кокет, Франция
Олорбут сирэ
Франция
Nationality
француз
Эйгэлэрэ
химия, биология
Үөрэммит сирэ
Страсбург университета
Үлэлэрэ
Вакциналары айбытын иһин

Пастер Луи (1822 сыл ахсынньы 27 — 1895 сыл балаҕан ыйын 28) — Франция микробиолога уонна химига. Луи Пастер кэргэнинээн Мариялыын бактериялар элбэх ыарыы төрүөтэ буолалларын дакаастаабыттара уонна араас ыарыылартан быһыыны айбыттара, ордук биллибит быһыылара - иириини утары быһыы. Химияҕэ эмиэ элбэх арыйыылардаахтар, ордук биллэр арыйыылара - кристаллар ассиметрияларын туһунан. Ону тэҥэ Пастер үүтү уһуннук харайар ньыманы арыйбыта. Ол ньыма аата билигин пастеризация диэн ааттанар.

Кэнники үлэлэрэ — куурусса холератын чинчийии. Ол үлэтин бириэмэтигэр Пастер бактерия культурата буорту буолбутун билбит уонна кууруссалары номнуо сатаан сыһыарбат буолбут.


Олоҕун олуктара

Луи Пастер 1822 сыл ахсынньы 27 күнүгэр Дол куоракка Жура региоҥҥа дьадаҥы тирииһит дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Арбуа куоракка улааппыт.Үөрэҕи биир үчүгэй оскуолаҕа — Эколь Нормаль Сюперир ылбыта, кыратык Дижон лицейыгар физика профессорынан үлэлээн баран Страсбург университетыгар химия профессора буолбута, онно сылдьан кэргэнин Мари Лораны кытта 1849 сыллаахха көрсүбүт.

Луи уонна Мария 1849 сыл ыам ыйын 29 күнүгэр кэргэннии буолбуттар. Биэс оҕоломмуттарыттан үһэ тиибинэн ыалдьан өлбүттэр. Бу бэйэтин тус олоҕор буолбут алдьархайтан сылтаан Пастер ыарыыны утары охсуһар эми буларга үлэлээбит.

Пастеризация

Пастериза́ция — убаҕаһы 60 °C кыраадыска дылы 60 мүнүүтэ сылытар процесс буолар.. XIX үйэ ортотугар Луи Пастер аһы уһуннук харайарга санаа киллэрбитэ. Ол процесс устатыгар микроорганизм төрөөбүт формалара өлөллөр, ол гынан баран баар споралар хаалаллар, ол иһин үчүгэй усулуобуйа баар буоллаҕына эмиэ сайдан бараллар. Ол иһин пастеризованнай үүтү уонна пиибэни тымныы сиргэ туталлар. Пастеризация түмүгэр ас сыаннаһа улаханнык уларыйбат, амтана уонна битэмииннэрэ, ферменнара чөл хаалаллар..

Өлүүтэ

Луи Пастер сүрэҕэ тохтооон Марне-ла-Кокет сиргэ 1895 сыллаахха өлбүт.

Интириэһинэй чахчылар

  • Пастер олоҕун тухары биологиянан уонна дьону эмтээһининэн дьарыктаммыта, ол эрээри анал медицинскай уонна биологическай үөрэҕэ суох этэ.
  • 1868 сыллаахха (45 саастааҕар) Пастер мэйиитигэр хаан турбут. Онтон сылтаан хаҥас илиитэ үлэлээбэт буолбут, хаҥас атаҕа сиргэ соһулла сылдьар инбэлиит буолбут. Өлө сыһан баран син үчүгэй буолбут, бу кэннэ сибиир язватын уонна иирии утары быһыытын арыйбыт
  • Пастер бэйэтин кэмигэр баар дойдулартан барыларыттан кэриэтэ уордьаннары ылаттаабыта. Быһа холоон 200 наҕараадалаах этэ.

Read next

In 171 languages

sahAfrikaansAlemannischአማርኛaragonésالعربيةمصرىঅসমীয়াasturianuazərbaycancaتۆرکجهбашҡортсаBasa BaližemaitėškaBikol Centralбеларуская (тарашкевіца)беларускаябългарскиবাংলাbrezhonegbosanskiBatak MandailingбуряадcatalàнохчийнCebuanoکوردیčeštinaчӑвашлаCymraegdanskDeutschडोटेलीΕλληνικάEnglishEsperantoespañoleestieuskaraestremeñuفارسیsuomivõroføroysktfrançaisarpetanNordfriiskFryskGaeilgeGàidhliggalegoAvañe'ẽगोंयची कोंकणी / Gõychi Konknniગુજરાતી客家語 / Hak-kâ-ngîעבריתहिन्दीFiji HindihrvatskiKreyòl ayisyenmagyarհայերենinterlinguaBahasa IndonesiaInterlingueIlokanoIdoíslenskaitaliano日本語la .lojban.JawaქართულიQaraqalpaqshaTaqbaylitKabɩyɛқазақшаភាសាខ្មែរಕನ್ನಡYerwa Kanuri한국어کٲشُرkurdîkernowekкыргызчаLatinaLëtzebuergeschLimburgslombardລາວlietuviųlatviešuMadhurâमैथिलीMalagasyMinangkabauмакедонскиമലയാളംмонголमराठीBahasa MelayuMaltiMirandésမြန်မာဘာသာمازِرونیPlattdüütschनेपालीनेपाल भाषाNederlandsnorsk nynorsknorskoccitanlivvinkarjalaOromooଓଡ଼ିଆਪੰਜਾਬੀKapampanganPicardpolskiPiemontèisپنجابیپښتوportuguêsRuna Simiရခိုင်românăрусскийрусиньскыйसंस्कृतम्ᱥᱟᱱᱛᱟᱲᱤsicilianuScotsسنڌيsrpskohrvatski / српскохрватскиTaclḥitසිංහලSimple Englishslovenčinaslovenščinashqipсрпски / srpskiSundasvenskaKiswahiliślůnskiSakizayaதமிழ்తెలుగుтоҷикӣไทยTagalogtolışiTürkçeтатарча / tatarçaукраїнськаاردوoʻzbekcha / ўзбекчаvepsän kel’Tiếng ViệtVolapükwalonWinaray吴语მარგალურიייִדישYorùbáVahcuengh文言閩南語 / Bân-lâm-gí粵語中文

Text from Wikipedia, CC BY-SA 4.0 · Source article