factograf
SAH

Марха (өрүc)

Марха (өрүc)

Марха өрүс — Бүлүү өрүс хаҥас салаата. Уһуна 1181 км, тардыытын иэнэ 99000 км².

Баһа Орто Сибиир хаптал хайалаах сиргэ сытар.

Төрдүгэр уу орто ороскуота сөкүүндэҕэ 405 м³. Тардыытыгар 4334 үрэх уонна 12000 күөл баар.

Алтынньыттан ыам ыйыгар диэри тоҥ. Уҥа өртүттэн бөдөҥ салааларынан буолаллар: Ханньа (398 км.), Далдын (138 км.) уонна Куонанчаан (213 км.); хаҥас өртүттэн Олдоҥдо (159 км), Мархара (232 км.) уонна Моркуока (841 км.)

Аал сырыыта Маалыкайга дылы.

Ылыллыбыт сирэ

  • Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.

Read next

In 26 languages

Text from Wikipedia, CC BY-SA 4.0 · Source article