factograf
SAH

күнэ-дьыла

Кулун тутар 2

Кулун тутар 2 диэн Григориан халандаарыгар сыл 61-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 62-c күнэ). Сыл бүтүө 304 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Аан дойдутааҕы уулаах-бадарааннаах сирдэр күннэрэ. Бу элбэх көтөр уйаланар сирдэрин 1971 сыллаахха ылыныллыбыт Рамсар конвенцията харыстыыр.
  •  Белуджистан (Пакистаан) — Белуджи култууратын күнэ. Бу ираанныы тыллар биирдэстэринэн саҥарар, Белуджистан диэн ааттанар өлгөмө суох хайалаах сирдэргэ олохтоох 9 мөлүйүөн кэриҥэ вхсааннаах көс омук.
  •  Мьянма — Бааһынай Күнэ (1962)
  •  АХШ — Ааҕыы күнэ
  •  Техас, АХШ — Тутулуга суох буолуу күнэ
  •  Лиибийэ — Джамахирия күнэ
  •  Шри-Ланка — Сэбилэниилээх флот күнэ
  •  Эфиопия — Адуатааҕы кыргыһыыга кыайыы күнэ (1896 сыл).

Түбэлтэлэр

Төрөөбүттэр

  • 1908 — Байаҕантай улууһун Кириэс Халдьаайытыгар Федор Охлопков (1968 өлб.) — Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, аатырбыт снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа. 1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Кыайыы Параадыгар кыттыбыта. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата 1965 с. ыам ыйын 6 күнүгэр иҥэриллибитэ.
  • 1914 — Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар Григорий Поскачин — учуутал, Саха сиринээҕи кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ, бэйиэт, литэрэтиирэ кириитигэ. 1938 с. буржуазнай национализмҥа буруйданан хаайыга сыппыта, 1940 с. реабилитацияламмыта. 1943 с. өлбүтэ.
  • 1943 — Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр Анатолий Нелунов (2021 өлб.) — саха сомоҕо домоҕун чинчийбит учуонай, лексиколог, лексикограф, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, С.А. Новгородов аатынан Бириэмийэ лауреата, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык киһитэ.

Өлбүттэр

  • 1855 (урукку ааҕыынан олунньу 18 күнэ) — Арассыыйа импиэрийэтин ыраахтааҕыта Николай I. Бу киһи бөрөстүөлгэ олоруутун кытта декабристар өрө туруулара ситимнээх. Аҕалара өлбүтүгэр убайа Константин оҕото суох буолан бөрүстүөлгэ олорортон батыммыта, бу элбэх булкууру таһаарбыта, өрө турааччылар маны туһанан байыаннайдар бирисээгэ биэриэхтээх күннэригэр өрө турууну анаабыттара. Николай I 30 сыл ыраахтааҕылаабыта, ол тухары суутунан биэс эрэ киһи өлөрүллүбүтэ — декабристар сүрүн бас-көс дьоно. Кини саҕана Сперанскай дьыала-куолу реформата оҥоһуллубута, Пушкины көстөн төннөрбүттэрэ, Петербург уонна Москуба ыккардыгар тимир суол тутуллубута, Польшаҕа өрө туруу хам баттаммыта, маны таһынан Арассыыйа Персияны, Туурсуйаны кытта сэриилэспитэ, түөрт дойдуну кытта Кырыым сэриитин (1853—1856) саҕалаабыта.
  • 2011 — тюрколог учуонай, түмэт дьайыксыт, С. А. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата Юрий Васильев - Дьаргыстай. Алтаай тыатыгар учууталлыы сылдьан алтаай тылын үөрэппитэ, Новосибирскайга аспиратураҕа үөрэммитэ, Алма-Атаҕа хандьыдаат диссэртээссийэтин саха тылын тэҥниир ньымаларыгар 1981 с. көмүскээбитэ, 1992—1994 сс. Анкара университетыгар саха тылын туһунан лиэксийэлэри аахпыта.

Read next

In 211 languages

sahаԥсшәаAfrikaansAlemannischалтай тилአማርኛaragonésالعربيةالدارجةمصرىঅসমীয়াasturianuаварKotavaazərbaycancaتۆرکجهбашҡортсаBasa BaližemaitėškaBikol Centralбеларуская (тарашкевіца)беларускаябългарскиभोजपुरीBanjarပအိုဝ်ႏဘာႏသာႏবাংলাབོད་ཡིགবিষ্ণুপ্রিয়া মণিপুরীbrezhonegbosanskiBatak Mandailingбуряадcatalà閩東語 / Mìng-dĕ̤ng-ngṳ̄нохчийнCebuanoکوردیcorsuqırımtatarcačeštinakaszëbscziчӑвашлаCymraegdanskDeutschZazakidolnoserbskiދިވެހިބަސްΕλληνικάemiliàn e rumagnòlEnglishEsperantoespañoleestieuskaraestremeñuفارسیsuomivõroføroysktfrançaisarpetanNordfriiskfurlanFryskGaeilgeGagauz贛語GàidhliggalegoAvañe'ẽBahasa HulontaloગુજરાતીGaelg客家語 / Hak-kâ-ngîעבריתहिन्दीFiji HindihrvatskihornjoserbsceKreyòl ayisyenmagyarհայերենԱրեւմտահայերէնinterlinguaBahasa IndonesiaInterlingueIgboIlokanoгӀалгӀайIdoíslenskaitaliano日本語la .lojban.JawaქართულიQaraqalpaqshaTaqbaylitKongoқазақшаಕನ್ನಡ한국어перем комикъарачай-малкъарکٲشُرRipoarischkurdîкомикыргызчаLatinaLëtzebuergeschлезгиLimburgsLigurelombardlingálaລາວlietuviųlatviešuमैथिलीBasa BanyumasanMalagasyолык мариймакедонскиമലയാളംмонголमराठीBahasa Melayuမြန်မာဘာသာэрзяньمازِرونیNapulitanoNedersaksiesPlattdüütschनेपाल भाषाNederlandsnorsk nynorsknorskNouormandSesotho sa Leboaoccitanlivvinkarjalaଓଡ଼ିଆиронਪੰਜਾਬੀKapampanganPapiamentupolskiپنجابیΠοντιακάپښتوportuguêsRuna Simiromânăрускирусскийрусиньскыйसंस्कृतम्sicilianuScotsسنڌيdavvisámegiellasrpskohrvatski / српскохрватскиတႆးසිංහලSimple EnglishslovenčinaslovenščinaGagana SamoaanarâškielâchiShonashqipсрпски / srpskiSeelterskSundasvenskaKiswahiliślůnskiதமிழ்తెలుగుтоҷикӣไทยTürkmençeTagalogtolışiTürkçeтатарча / tatarçaудмуртукраїнськаاردوoʻzbekcha / ўзбекчаvènetoTiếng ViệtWest-VlamsVolapükwalonWinaray吴语хальмгმარგალურიייִדישYorùbáVahcuenghZeêuwsⵜⴰⵎⴰⵣⵉⵖⵜ ⵜⴰⵏⴰⵡⴰⵢⵜ文言閩南語 / Bân-lâm-gí粵語中文

Text from Wikipedia, CC BY-SA 4.0 · Source article